#төлкө
Explore tagged Tumblr posts
govrie · 7 years ago
Video
У якутов - великий театр! Убедился в этом, посмотрев спектакль #Төлкө. Режиссер - настоящий гений! Огромные благодарность и признательность испытываешь ко всем людям, которые делали этот спектакль, за такую уникальную возможность соприкоснуться к настоящему талантливому и честному искусству, воочию увидеть и прочувствовать такую большую грандиозную постановку, в котором задействованы почти все мыслимые и немыслимые производственные мощности театра, побывать внутри такого чуда! Это невероятное зрелище! И огромный тяжелый труд всех задействованных людей! Низкий поклон им всем! Сахалар, барахсаттар, учугэйдэриэн! Этот спектакль поглощает, зажевывает, беспощадно перемалывает и исторгает из театра изумленного зрителя! Всем советую! Никогда и нигде не видел таких крутых спектаклей, ваааааууу!!! #сахатеатр #сахатеатра #якутск #якутия #yakutia #sakhatheatre #sakhatheater (at Sakha Republic)
0 notes
ultra7791 · 3 years ago
Photo
Tumblr media
#Repost @culture_yakutia • • • • • • «Олоҥхо дойдута» кэрчикпитин салҕыыбыт. Бүгүҥҥү таһаарыыларбытыгар Дьылҕа Хаан, Чыҥыс Хаан тустарынан чинчийээччилэр тугу суруйалларын билиһиннэрэбит. Ол курдук, историческай наука доктора Розалия Бравина “Олох. Дьылҕа. Өлүү” кинигэтин Национальнай библиотека сайтыгар (nlrs.ru) булан маннык быһаарыыны аахтыбыт: «Сахаҕа дьылҕа, төлкө, оҥоһуу диэн өйдөбүллэр Өксөкүлээх бэлиэтээбитинэн дьылҕаны түстүүр айыылары кытта быһаччы сибээстээхтэр. "Таҥха Хаан Тойон - киһи дьылҕатын силиктиир уонна быһаарар таҥара. Кини киһи төрүүрүгэр сирдээҕи дьылҕатын «сурукка» киллэрэр. Остуоруйаҕа кэпсэнэринэн киһи төлкөтүн бары таҥаралар биир сүбэнэн түстүүллэр. Дьылҕа Хаан тойон – үөһээ этиллибит таҥараҕа ханыылыы. Кини аата бастакы таҥара аатыгар сыһыарыы быһыытынан туттуллар, соруга эмиэ онуоха дьүөрэлии. Ол иһин үксүгэр кинилэри ааттарын бииргэ холбоон Дьылҕаһыт Таҥха Хаан эбэтэр Таҥхаһыт Дьылҕа Хаан диэн ахталлар. Ол да гыннар Дьылҕа кыра уратылаах – кини киһи олоҕун сүрүн кэрдиис кэмнэрин барыллыыр. Бу икки таҥара ааттара өс номоххо ыйаах, дьылҕа, таҥха, билгэлээһин диэн суолтаҕа “билгэ” (“бил”) диэн биир өйдөбүлү үөскэтэллэр. Ол иһин үүнэр дьыл тускулун тургутарга “дьылҕалаа”, оттон киһи дьылҕатын билгэлииргэ “таҥхалаа” эбэтэр “таҥхалаа-дьылҕалаа” диэн көрдөһөллөр... Чыҥыс Хаан уонна Одун Хаан ааттара “Чыҥыс Хаан ыйааҕа, Одун Хаан оҥоһуута” диэн өс хоһоонугар ахтыллар. В.М.Ионов суруйарынан, Дьылҕа Хаан ойоҕунаан Чыҥыс Биис Хотуннуун сурук-бичик оһуордаах хотугулуу-арҕаа халааҥҥа олороллор. Таҥхаһыт Дьылҕа Хаан баай саха хоппотун саҕа хаанынан суруллубут кинигэлээх, онтон көрөн тоҕус уолаттарыгар үс дойду дьылҕатын аныыр, ону уолаттара кыра кинигэлэригэр бэлиэтэнэн ылаллар. Олоҥхо бухатыырдар ааттарын-суолларын Дьылҕа Хаан аҕыс кырыылаах килэгир таас остуолбатыгар суоран суруйаллар. Онтон өс номоххо кэпсэнэринэн саҥа төрөөбүт оҕо дьылҕатын от-мас иччитэ оҕолор үрүҥ эбэтэр хара сурукка киллэрэллэр. «Үөһээ түөрт халаан тутааҕа буолбут, түөрт халлаан түспэтигэр олохтоох, сэттэ күлэр этиҥ чаҕылҕана дьүөгэлтэлээх айыы ньуучугай суруксуттара, байылыат ыал уҥа дьиэтин холлоҕоһун саҕа, түүнүктээх түлэй бараан суруктарын, төлө тардан олорон аа https://www.instagram.com/p/CaWH8sRNpmp/?utm_medium=tumblr
0 notes
yakutiafuture · 3 years ago
Photo
Tumblr media
#Repost @archiaana • • • • • • Алтайга Ытык сир - Каракольскай нэлэмэҥҥэ турар "Уч Энмек" айылҕа паркатын үгүс тюрк омук Тэнгри храмынан ылынар. Үч Энмек (Үс Үрдэл) хайа аатынан ааттаах. Бу хайа хаардаах төбөлөрө базаттан көстөллөр, киһи оройугар баар Үс Дьулай Мэйиигэ холууллар. Каракольскай долина орто дойду ортотугар турар, олус дириҥ сэһэннээх, айылҕа энергията үлэлиир ытык сирэ. Үч Энмеги сахалыы өйдөбүлбүнэн Үс Куппар тэҥнии тутан ылынным. Киһи уонна Айылҕа биир ситимнээхпитин өйдөтөр. Бу парканы төрүттээбит киһинэн Д.И.Мамыев буолар, кини Алтай сирин дьоһун киһитэ. Данил Иванович күөх халлааммыт Күнүн, Ыйын суолунан сирдэтэн үлэлиир-хамсыыр. Аан дойду (планетарнай) көрүүлээх киһи. 2019 с. Бишкекка Л.В.Федорова тэрийэр Аан дойдутааҕы Тенгрианство конференциятыгар "Роман "Эллэй Боотур Л.А.Афанасьева -Тэрис и технология воспитание мальчиков на примере ОО за ЗОЖ "Төлкө" (Судьба)" диэн докладынан кыттыбытым. Ити үлэбитин истэн баран Данил Иванович бииргэ үлэлииргэ санаатын эппитэ.Ол иннинэ 2017 с. Казахстаҥҥа Тэристиин "Роман"Эллэй Боотур", кини романыгар тирэҕирэн, үлэ оҥорон кыттыбытым. Дьиҥинэн, маннык таһымнаах улахан конференцияҕа Лазарь Андреевич бэйэтэ кыттыахтаах этэ, ону доруобуйата мөлтөөн миэхэ практик киһи баран кытын диэн көҥүл биэрбитэ. Уол оҕону өбүгэ үгэһигэр уһуйар дириҥ силистээх үлэҕэ бэйэлэрин эр санааларынан алтыһар дьоннуун үлэлэһэрим мин киһи быһыытынан сайдарбар улахан көмөлөөх. Эллэй үөрэҕэр олоҕуран "Барҕа" кыһаны эдэр киһи, этнопедагог, фольклорист идэлээх Дорҕоон Дохсун үлэлэтэ сылдьар. Бу бырайыакпытынан Уч Энмеккэ "АрусСвати" диэн научнай-образовательнай киин(сал.Мамыев Д.И., научнай салай. философия билимин, профессора, доктора Жерносенко И.А.) Алтай, Хакасия оҕолорун кытта тэҥҥэ үлэлээтибит. Бу киин этнокультура, этноэкология хайысхатынан үлэлиир общественнай түмсүүлэри түмэн, үс сүрүн өйдөбүллэри: наука, философия, религия өрүттэрин бииргэ тутан үлэлиир эбит. "Барҕа" үөрэхпит системалаахтык барарын сэҥээрдилэр. Бу сахабыт сиригэр олорон сыралаахтык дьаныһан туран өбүгэ үөрэҕин хомуйбут, сааһылаабыт улахан убайдарбыт Тэрис, Дабыл, Мандар үлэлэрин түмүгэ. Сахабыт сиригэр өбүгэбит билиитин түмэр кииннэрбитин үөһэттэн https://www.instagram.com/p/CRG4pz2MGYV/?utm_medium=tumblr
0 notes
ultra7791 · 3 years ago
Photo
Tumblr media
#Repost @sakhalife.ru • • • • • • @sakha_theatre_ АЛТЫННЬЫ ЫЙДААҔЫ РЕПЕРТУАР 👏🏼 🎭 14 чт “Үс түүннээх кэпсэтии" (Мой бедный Марат) А. Арбузов • 18:00 🎭 15 пт “Тимир Баасса” М. Горькай • 18:00 🎭 16 сб “Таптаа, миигин таптаа” В. Красногоров • 18:00 🎭 17 вс “Ревизор” Н. Гоголь • 18:00 🎭 21 чт “Наара суох” И.Гоголев-Кындыл • 18:00 🎭 22 пт “Лоокуут уонна Ньургуһун” Т. Сметанин • 18:00 🎭 23 сб “Сааскы кэм” Амма Аччыгыйа • 18:00 🎭 24 вс “Төлкө” Н.Якутскай • 18:00 ☎️Билсэр төл: 34-13-31, 9681505602 🎯Каасса күн ахсын өрөбүлэ, тохтобула суох сарсыарда 10:00 киэһэ 18:00 дылы үлэлиир 🎫 Билиэт ОНЛАЙН саха тыйаатырын сайтыгар атыыга таҕыста @tesserus 🎫 300-500 солк. 🎭Тыйаатырга кэлиҥ, сылдьыҥ, маанылаах ыалдьыт буолуҥ! #сахатеатра🎭 https://www.instagram.com/p/CU4Ovz8sfQY/?utm_medium=tumblr
0 notes
yakutiafuture · 4 years ago
Photo
Tumblr media
#Repost @archiaana • • • • • • Бэҕэһээ уолаттарга аналлаах Дорҕоон Дохсун бырайыагынан ТЫЛ ХОҺУУНА күөн күрэс АРЧЫ ДЬИЭТИГЭР ыытыллынна.Бу үлэҕэ методист быһыытынан көмөлөһөбүн. Хаҥсык ыарыы баарынан аҕыйах оҕону мунньары көҥүллээннэр 4 бөлөх кытынна. Сахалыы тыыны тута сылдьар Балыктаах, Майа, Айыы Кыһата, 12- с оскуолалар уолаттара төрүт тылынан өйү- санааны тиэрдиигэ, төрүт хамсаныыларынан эт-сиин туругун көрдөрүүгэ бөлөҕүнэн түмсэннэр хоһууннук кииристилэр. Бу бырайыак уол оҕо киил тыынын уһугуннарар ис кистэлэҥнээх. Былыр олоҥхо эйгэтэ тыыннаах эрдэҕинэ оҕолор кырдьаҕастар сэһэннэриттэн төрүт билиини ылаллара. Аныгы кэмҥэ үүнэр ыччаты төрүт үгэскэ киллэриэх иннинэ тыл иччитин чугаһатар ньыманы туттар ордук. 2012 с. Тыл Хоһууна күөн күрэһи аан бастаан Алыҥ Бэстээххэ Төлкө түмсүү өйөбүлүнэн ыыппыппыт, Дорҕоон ол саҕана студент этэ. Билигин бу эдэр киһим Дорҕоон Дохсун айар- тутар суоллаах фольклорист идэлээх киһи буолан үүнэн таҕыста. Үгэс сыллааҕы эргииринэн ыччаты төрүт үгэскэ угуйар хас да бырайыагы үлэлэтэр. Олору түмэммит БАРҔА үөрэх барылын оҥоро сылдьабыт. Тэрис "Эллэй Боотур" кинигэтигэр "Үөрэтэр сир барҕа диэн ааттанар. Тойон ууһуттан төрүттээх бас-көс дьон, аҕа уустар оҕолоро тойон үөрэҕэр үөрэнэллэр эбит. Сэһэн оҕонньор барҕаны салайар. Кини үөрэнээччилэрэ бахсылар" диэн суруллар. Бу ыытыллыбыт ТЫЛ ХОҺУУНА куорат да тыа оҕолоро биир баайыылаах буолбуттарын бэлиэтии көрдүм. БАРҔА бырайыак үлэтин Майа сэлиэнньэтин баһылыга Д.И.Тихонов өйүүр. Сахалыы тыыммыт кэҥээн, тэнийэн дьиҥ биир төрүт өйдөбүлгэ кэлэн иһиэхпит. https://www.instagram.com/p/CLyOW_esw0T/?igshid=crq7a9vaejc7
0 notes
ultra7791 · 6 years ago
Link
0 notes
yakutiafuture · 6 years ago
Link
0 notes